МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

ӨБҮГЭ КВИЗ

Олоҥхо декадатыгар аналлаах «ӨБҮГЭ КВИЗ» оонньуу ыытылынна

ОЛОҤХО ДЕКАДАТЫНАН
Сэтинньи 27 күнүгэр И.И.Артамонов аат. сынньалаҥ киин уонна олохтоох модельнай бибилэтиэкэ тэрийиилэринэн
нэһилиэкпит түөлбэлэрин икки ардыларыгар
🔹ӨБҮГЭ КВИЗ
оонньуу ыытылынна.
Оонньууга кыттыыны ыллылар «Балыктаах», «Дьулуур», «Сайдыы» түөлбэлэр хамаандалара.
Хамаандалар олоҥхо ыллыктарынан айаннаан биэс түһүмэҕинэн күөн көрүстүлэр:
🔹ОЛОҤХО ДОЙДУТУНАН АЙАН
🔹ӨБҮГЭ ООННЬУУТА
🔹ЧАХЧЫ-СЫМЫЙА
🔹ОЛОҤХО УОБАРАҺА
🔷ИЭРЭГЭЙ
Экраҥҥа дьэрэкээн көстүүлээх бэрт тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан «Сайдыы» түөлбэ, 2 миэстэ «Балыктаах», 3 миэстэ «Дьулуур» түөлбэлэр таҕыстылар.
Бары кыттыбыт сайдам санаалаах, билиигэ-көрүүгэ дьулуһуулаах биир дойдулаахтарбытыгар махталбытын тиэрдэбит!