МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

Записи в рубрике Uncategorized

Сахабыт сиригэр — саргыбыт сайыннын!

Уус-Алдаҥҥа ырыа түһүлгэтэ кэрэ аҥардары түмтэ. Сэтинньи 5 күнүгэрВ.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар“Сахабыт сиригэр – саргыбыт сайыннын!” түөрт илиҥ эҥэр улуустарын бастыҥ дьахталларын ырыа ансаамбылларын холбоһуктаах сомоҕолоһуу кэнсиэрэ буолан ааста.Кыттыыны ыллылар

«Мы едины»

Сегодня к Году семьи в Российской Федерации, Году детства в Республике Саха (Якутия), Году Отца в Усть-Алданском улусе Наяхинский центр досуга и модельная библиотека провели конкурс-викторину «Мы едины!» в честь Дня народного единства. В конкурсе приняли участие семейные команды из различных учреждений наслега. Перед началом конкурса все присутствующие приняли участие во Всероссийской акции «Большой этнографический… (читать далее)

«Ийэ баар буолан…»

Илья Ианович Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киинигэр Ийэлэр күннэрин көрсө «Ийэ баар буолан…» бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста.Кэнсиэри нэһилиэк аҕа баһылыга Слепцов П.А. эҕэрдэ суруктаах, сибэкки дьөрбөлөөх элбэх оҕолоох ийэлэргэ Арсентьева А.Н., Сивцева Т.К., уонна ытык кырдьаҕас ийэ Румянцева М.И. эҕэрдэ тылын анаан үрдүк сыанаттан эҕэрдэлээн ийэлэри үөртэ.Кэнсиэргэ уопсайа 36 үҥкүүһүт, 19 ырыаһыт кыттан көрөөччүгэ… (читать далее)

Кырдьары билиммэт сүрэхтэр

Найахы нэһилиэгэр » Кырдьары билиммэт сүрэхтэр» Сааһырбыттар декадаларын түмүктүүр, Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүнэн үлэ ветераннарын эҕэрдэлиир дьоро күҥҥэ элбэх киһи мустан, тэрээһин үрдүк таһымҥа ааста. Нэһилиэк баһылыга Петр Слепцов ветераннарга наҕараадалары, тэрилтэ салайааччылара ветераннарыгар сэмэй бэлэхтэри туттардылар. Ветеран Сэбиэтэ туруорбут бириистээх күрэхтэригэр, оонньууларыгар бэрт көхтөөхтүк кытыннылар. «Бастыҥ бүлүүдэ» көрүүтүгэр Анна Гуляева хаһыс да төгүлүн бастыҥ… (читать далее)

Найахы народнай хора Виталий Очиров кэнсиэригэр кыттыыны ылла

Алтынньы 12 күнүгэр Дьокуускай куоракка Өлөксөкүүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин киэҥ үрдүк сыанатыгарНайахыбыт народнай хора 25 ырыаһыттардаах Сахабыт биир талааннаах, сахалыы тыыннаах, норуот сөбүлээн истэр ырыаһыта Виталий Очиров 20 сыллаах үлэтин түмэр айар киэһэтин кэнсиэригэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.Найахыбыт хора араас Өрөспүүбүлүкэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы таһымнаах фестивалларга, конкурстарга кыттан ситиһиилэрэ үрдүк, онтон бу ураты дьиҥ сахалыы… (читать далее)

Ырыа олоҕум аргыһа, 85 саас.

Атырдьах ыйын 24 күнүгэр Балыктаахха И.И.Артамонов аат. Сынньалаҥ кииҥҥэ С.Г. Васильев аат. народнай хор маҥнайгы көлүөнэ ырыаһыта, бастыҥ солиһа, үлэ, хор ветерана, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Андрей Ушницкай 85 үбүлүөйдээх дьоро күнэ буолла. Ил Түмэн депутата Александр Жирков, улуус култууратыттан Анна Федорова, Мария Сивцева, Найахы нэһилиэгин баһылыга Петр Слепцов, тыыл, үлэ ветераннарын Сэбиэтин председателэ Светлана Петрова,… (читать далее)

Үрүҥ Тунах ыһыах Найахыга

Бэс ыйын 14 күнүгэр самаан сайыны көрсө, Найахы сирин үрүҥ тунах ыһыаҕын түһүлгэтигэр дьон- сэргэ мустан сиэр-туом быһыытынан алгыс маанытын иҥэриннилэр, оһуохай эттилэр, талааннах дьон ырыалара ылланна, үҥкүүлэрэ үҥкүүлэннэ.Аҕа баһылык аатыттан эҕэрдэ этилиннэ, бастыҥ үлэһит дьоҥҥо, спортсменнарга наҕараада туттарылыннаЫһыах биир саамай сүрүн тэрээһиннэринэн араас куонкурустар, күрэстэр ыытылыннылар.Дьон эрэ бары күүтэр «Тиит Буурай » өбүгэ оонньуулара… (читать далее)

Оҕо -оҕо эрдэххэ оонньомохтоон халыахха….

Аан дойду О5о көмүскэлин күнүнэн Найахыга оҕолорго анаан «Большие и маленькие» бырааһынньыктааҕы тэрээһин сүрдээх үчүгэйдик ааста.Тэрээһини талааннаах кырачаан оҕолор сайыны көрсө сэргэх ырыаларынан киэргэттилэр.Уопсайа тэрээһиҥҥэ кыралыын улаханныын 72 оҕо кыттыыны ылла.3 саастарыттан 7 гэр диэри оҕолорго туспа күрэхтэһиилэр, оонньуулар ыытылыннылар.Онтон оскуола саастаах оҕолор икки хамаандаҕа арахсан бэрт сэргэх ,интириэһинэй , көрдөөх эстафетаҕа бары кыттан үөрэн-көтөн,… (читать далее)

Пионерия 100 сылынан

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр пионер хамсааһына тэриллибитэ 100 сылынан Найахыбыт нэһилиэгин араас көлүөнэ барыта эрэ мустар кэрэ сиригэр Хорууга 60-70-80 сыллар пионердара мустан бэрт сэргэх , өйдөбүнньүк тэрээһини ыыттылар.Тэрээһин өрө көтөҕүүлээх торжественнай линейканан саҕаланна.Урукку кэм курдук Пионерскай былаах киириитэ, рапорт туттарыыта, отрядтарынан речевка ааҕыыта, девиз этиитэ, ырыа ыллааһына толоруллан оҕо сааһы барыбытыгар санатта.Билиҥҥи ыччаты пионерга ылыы үөрүүлээх… (читать далее)

Найахыга ырыа күнэ

Саха сиригэр күүтүүлээх самаан сайыны, ырыа күнүн көрсө Найахы сынньалаҥ киинигэр ырыа түһүлгэтин кэнсиэрэ ыытылынна.Кэнсиэргэ олохтоох ырыа ааптардарын, сахабыт сирин биллэр ырыа айааччыларын ырыалара ылланнылар.Уһуйаан саастаах кырачаан оҕолортон саҕалаан Найахы хорун ветеран ырыаһыттарыгар тиийэ кыттыыны ыллылар.Ырыалары бэлэмнээтилэр «Чэчир» оҕо саадын музыкаҕа иитээччитэ Арсентьева Л.К., оскуола алын кылааһын музыкаҕа учуутала Аргунова С.А., сынньалаҥ киин хормейстера Новоприезжий… (читать далее)