Бүгүн И. И. Артамонов аатынан Найахытааҕы култуура киинигэр «Бары уруһуйдуубут» бырайыак эстафетатын символын Өспөх нэһилиэгин баһылыга Свешникова Л.М. үөрүүлээх быһыыга-майгыга Найахы нэһилиэгин баһылыгын солб. Федоров Е.В. туттарыытын тэрээһинэ бэт сэргэхтик ааста.
2015 сыллаахха Саха сирин бастакы Президенэ М.Е.Николаев көҕүлээһининэн «Бары уруһуйдуубут» бырайыак концепцията айыллыбыта, бигэргэтиллибитэ.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ маастар кылаастар ыытылланнаннар оҕо-аймаҕы сэргэхситтилэр, интириэһи үөскэттилэр.
Ол курдук, «Туойтан харысхал» (Пестерева М.Э., Рожина М.Н.), «Саҥа дьыллааҕы открытка» (Ксенофонтова Е.И. , Михайлова Кюннэй), «Фоамирантан сибэкки» (Андросова Ю.И.),
«Кумааҕыттан хаар кырыйыы» (Исакова И.И.), «Эбру: ууга уруһуйдааһын техникэтэ» (Федорова Н.Е., Константинова З.А.)
Уһуйаан иитиллээчсилэрин, үөрэнээчсилэрин уруһуй быыстапката дьон болҕомтотун ылла.
Тэрээһин түмүгэр кыайыылаахтарга грамота, мэтээл туттарылынна.