Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр Найахы нэһилиэгэр «Бары бииргэ» чугастыы сытар нэһилиэктэр эдэр ыччаттара түмсүүтүн доҕордоһуу көрсүһүүлэрин күнэ өрө күүрүүлээхтик буолан ааста. Кыттыыны ыллылар Эҥсиэли хочолоох Нам сириттэн, Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар үрдүк мырааннардаах, кэрэ айылҕалаах, сайдыы тэтиминэн олоххо тардыылаах 2с Хомустаах нэһилиэгин ыччаттара, Уус-Алдан улууһуттан Алдан өрүстээх, мааны балыктардаах, үлэһит дьоннордоох Чэриктэй нэһилиэгин ыччаттара, аатырбыт тойуксуттаары доллуһута ыллаппыт, өбүгэ ырыатын сүппэт үйэлиир, аатырбыт Н.Н. Тарскай аатынан биллэр Баатаҕай нэһилиэгин ыччаттара ону тэҥэ наһаа нарын ырыатынан аар саарга аатырбыт хордаах, үтүө үлэһит дьоннордоох, сайдыы суолун батыһар Найахыбыт нэһилиэгин ыччаттара!
Көрсүһүү бастакы чааһыгар «Тиит Буурай» спортсаалыгар көрдөөх курэххэ, 3 командаҕа арахсан («Дьулуур», «Тиит Буурай», «Дружба») 7 көрүҥҥэ күрэхтэстилэр.
Күрэхтэһии түмүгүнэн «Тиит Буурай» хамаандата инники күөҥҥэ тахсан 1 м, «Дьулуур» 2 м, «Дружба» 3 м ыланнар хас биирдии кыттааччы мэтээллэринэн, грамотанан наҕараадаланнылар.
Тэрээһин иккис чааһа сынньалаҥ кииҥҥэ холбоһуктаах талааннаах эдэр ыччаттар сэргэх кэнсиэрдэринэн түмүктэннэ.