Бэс ыйын 14 күнүгэр Найахы нэһилиэгэр Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ , Уус-Алдан улууһугар инфраструктура сайдыытын сылларынан, Найахы народнай хора тэриллибитэ 60 сылыгар аналлаах , самаан сайыны көрсөр Үрүҥ Тунах ыһыах ыытылынна.
Ыһыах алгыһын сиэри-туомун СӨ култууратын туйгуна, ырыаһыт,алгысчыт Виталий Очиров алҕаан ыытан түһүлгэ дьонун-сэргэтин куттарын тутан алгыс маанылаах тылларын анаата.
Үрүҥ тунах ыһыахха кыттыыны ыллылар Уус-Алдан улууһун аҕа баһылыга Федотов А.В. ,улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Сивцев П.С., улуус депутата Троев А.Я.
Үөрүүлээх чааска педагог уонна настаабынньык, Үлэ сылларынан үлэһит дьон наҕараадаланнылар.
Улуус баһылыгын аатыттан 80 саастарын ааспыт хор аан маҥҥайгы ырыаһыттарыгар-ветераннарга эҕэрдэ сурук туттарылынна.
Найахы хора, уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара кыттыылаах э5эрдэ кэнсиэр туруорулунна.
Ыһыах биир саамай ураты көстүүтүнн буолла Найахы народнай үҥкүү-хор коллектива Виталий Очировтыын «Сааскы этэҥ» ырыаны ыллаһан, үҥкүүлээн, «Найахыына» ырыа ансаамбыла « Ат таптала» ырыаны толоруулара норуокка умнуллубат бэлиэ тугэнэ.
Түһүлгэ араас күрэхтэрэ олохтоохтору, ыалдьыттары түмэ тарта.