Ыам ыйын 20 күнүгэр Илья Иванович Артамонов аатынан Найахытааҕы сынньалаҥ кииҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр анаммыт Ырыа күнүнэн, Найахы народнай хора тэриллибитэ 60 сылыгар аналлаах «Ырыа ыллыга» оҕо-аймах кэнсиэрин түһүлгэтэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Кэнсиэргэ сынньалаҥ киин иһинэн куруһуокка дьарыктанар биирдиилээн ыллыыр талааннаах оҕолор, ансаамбыллар (сал. Айталы, Афанасий Новоприезжайдар), оскуола алын сүһүөҕүн кылааһын үөрэнээччилэрэ (музыка учуутала Аргунова Светлана Алексеевна), оскуола улахан кылаастарын хора (сал. Рожина Елизавета Егоровна) кыттыыны ыллылар. Уопсайа 72 оҕо истиҥ ырыалардаах ырыа түһүлгэтин көрөөччүгэ бэлэх ууннулар.
Ону тэҥэ кэнсиэри көрөөччүлэрдиин, оҕолордуун күргүөмүнэн С. Тимофеев тылларыгар, Ф.Лобанов мелодиятыгар
«Доҕордоһуу ырыатын» ыллаан өрө көтөҕүүлээхтик саҕалаан , Республикаҕа биллэриллибит флэшмобка кытыннылар.