МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МБУ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ. И.И.АРТАМОНОВА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "НАЯХИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА ИМ.И.И.АРТАМОНОВА"

«Найахылар ыллыыллар»

Муус устар 7 күнүгэр Уус-Алдан улууһун киинигэр Бороҕонно В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар
борустуой үлэһит дьон түмэ тардыллан , сахалартан аан бастаан Союзка, Россияҕа тиийэ дьиэрэйэр ырыаларынан ыллаан профессиональнай таһымҥа тахсыбыт Семен Васильев аатынан Найахы народнай хора тэриллибитэ 60 сылын бэлиэтиир
«НАЙАХЫЛАР ЫЛЛЫЫЛЛАР» үҥкүү -хор кэллэктиибин улахан кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.
Кэнсиэр бастакы чааһа 60 сыллартан ыллаан саҕалаабыт хор туьунан, кинилэр талааннаах салайааччылара Анна Румянцева, Семен Васильев, Светлана Гоголева тустарынан ырыаҕа ылланан, экраҥҥа хаартыскаларынан көрдөрүллэн саҕаланна.
Хор бастыҥ солистарын тенор куоластар , норуокка биллэ ыллаабыт ырыаларын Андрей Ушницкай «Күндү таас алмаас» уола Александр Ушницкай, Сидор Сивцев » Баараҕай батыйа» ырыатын Афанасий Новоприезжай баян доҕуьуолунан толорууларынан көрөөччү дууһатын таарыйан уруккуну санаттылар.
90 с сылларга дьон биһирэбилин ылбыт ырыаһыттар Елизавета Рожина солота, Дмитрий Готовцев, Дьулустан Гаврильев дуэтынан ыллаан толоруулара көрөөччү күүстээх ытыс тыаһынан биһирэннилэр.
Ырыа, үҥкүү киэьэтигэр найахылар кырдьык да бу киэһэ бииртэн биир үрдүк таһымнаах вокальнай ансаамбыллара, дьэрэкээн көстүүмнээх үҥкүү бөлөхтөрө дьону сөхтөрдүлэр.

Бу бэлиэ түгэҥҥэ улуус баһылыга Алексей Васильевич Федотов Найахы хора тэриллиэҕиттэн, күн бүгүнүгэр диэри үрдүк таһымҥа ыллыы-туойа сылдьалларын бэлиэтээтэ, итиэннэ нэһилиэнньэ түмсэн айар-тутар Илья Иванович Артамонов аатынан сынньалаҥ киинин дьиэтэ салгыы сайдарын туһугар 500 000 тыһыынча суммалаах сертификаты нэһилиэк баһылыгар Петр Слепцовка туттарбыта найахылары олус диэн үөртэ.
Найахылар ырыалара , үҥкүүлэрэ өссө да ыраахха өр сылларга аатырдын, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ солбуллан айхаллана турдун!

Добавить комментарий