И.И.Артамонов аатынан сынньалан кииннэ А5а дойдуну кемускээччилэрин кунун керсе Россия5а педагог уонна настаабынньык сылынан И.И.Гоголев — Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуолатын уерэнээччилэрин уонна улэьиттэрин «Бары эйэлээх олох туьугар» акция кэнсиэрэ бэрт сэргэхтик урдук таьымна ыытылынна.
Кэнсиэр «Уоланнар» уус-уран аа5ыы уолаттарын хоьоон аа5ыыларынан уонна кулууп сыанатын толору толорон «оскуола гимнын» хорунан улэьиттэр, уерэнээччилэр толорууларынан, керееччу дохсун ытыс тыаьынан са5аланна.
Теье да тохсунньу, олунньу ыйдар тымныыларыгар тохтоон олорон, кэтэхтэн уерэнэр да буоллар маннайгы кылаастан са5алаан о5о барыта эрэ уонна учууталлар, улэьиттэр ырыа кэрэтин, ункуу эгэлгэтин керееччугэ бэлэхтээтилэр.
Уерэнээччи уонна учуутал быстыбат ситимэ, кэрэ5э тардыьыылара дьонно ессе биьирэннэ.
Иитэр-уерэтэр улэ таьынан коллектив нэьилиэк общественнай тэрээьинигэр, уус-уран самодеятельностка актыыбынай кыттыылара ессе куускэ бэлиэтэннэ.