Сэтинньи 25 кунугэр Уус Алдан улууьун хореографтарын тумсуутун угэскэ кубулуйбут сылын аайы ыытыллар семинардара «Кэнчээри» эстетическэй киинигэр буолан ааста.
Семинарга Кэптэни, Уhун Куел, Хомустаах, Сыырдаах, Тумул , Майа5ас, Найахы, Кыллаайы, Дупсун, Мындааба, Мүру нэьилиэкьэрин уонна Мэнэ-Ханалас улууьун уьуйааннарын музыкальнай салайааччылара, эбии уерэхтээьин педагогтара , ункуу коллективтарын салайааччылара, хореографтар кыттыыны ыллылар.
Семинар бастакы чааhыгар улуустаа5ы культура салалтатын начальнига Аммосов И. И., уерэх салалтатыттан о5ону иитии уонна эбии уерэхтээhин главнай специалиьа Портнягина С.М. кыттыылаах киэн кэпсэтии ыытылынна. Манна ааьан иьэр сыл улэтин – хамнаьын, кэлэр сылга улэ былааннарын, араас боппуруостары дьууллэстилэр.
Иккис чааьыгар хореографтар опыттарын , улэлэрин тар5атар, маастарыстыбаларын урдэтэр сыаллаах практическай улэ ыытылынна . Уьуйаан саастаах о5олорго «Кыhынны тыа5а айан» Мындаабатаа5ы 12 нуемэрдээх «Кунчээнэ» о5о уьуйаанын музыкальнай салайааччыта Кириллова А. С., «Основные рисунки танца., построение. Развитие эмоциональности и артистичности у дошкольников на танцевальных занятиях» темалаах Уhун – Куеллээ5и 33 нуемэрдээх «Чуораанчык» о5о уhуйаанын музыкальнай салайааччылара маастар кылаастары, Боро5онноо5у искусство оскуолатын хореографическай салаатын 2 кылааьын (сал. Петрова Г. Б.) уонна 5 кылааьын (сал. Ноговицына У.П.) о5олоро аһа5ас уруоктары кердердулэр. «Найахылыы оhуохай» хамсаныыларын И.И. Артамонов аатынан Найахытаа5ы сынньалаҥ киинин методиhа, элбэх уҥкуу коллективтарын салайааччыта Гаврильева А. В. уонна семинарбыт ыалдьыта Мэнэ- Ханаластан Арассыыйа утуелээх «Кыталык» народнай ансаамбылын хореограба, биир дойдулаахпыт Крылов И.В. отечественнай бальнай ункуугэ маастар кылаас кердердулэр.
Тумуккэ улуустаа5ы культура салалтатын начальнигын солбуйааччы Павлова Л. С. улуус уьуйааннарын музыкальнай салайааччыларыгар, эбии уерэхтээьин педагогтарыгар , ункуу коллективтарын салайааччыларыгар, хореографтарга инники улэлэригэр ситиьиилэри ба5аран туран семинар кыттыылаахтарыгар улэ опытын тар5атыы, кыттыы сертификаттарын туттартаата.
Семинар кыттыылаахтара элбэ5и биллибит – кердубут диэн астынан тар5астылар, инникитигэр уҥкуу сайдарыгар олус туьалаах күн буолбутун хайгыы бэлиэтээтилэр
Уус – Алдан улууьун хореографтарын тумсуутун салайааччыта Саха Республикатын культуратын, ыччакка политикатын туйгуна Ноговицына У.П.