Сэтинньи ый 2 күнүттэн 5 күнүгэр диэри Найахы нэҺилиэгэр » Тур, тубус, туругур!» патриотическай темалаах, ол курдук Саха сиригэр Ийэ, улууспутугар дойдуга бэриниилээх буолуу, Саха АССР тэриллибитэ 100 сылларыгар, Ил, Эйэ, Сомо5олоьуу кунугэр уонна биллэрин курдук Дойдуну барытын аймаабыт быстах хомуурга байыаннай чааска барбыт эдэр уолаттарбытыгар аналлаах ыччат күннэрэ өрө көтө5үллүүлээхтик буолан ааста.
Ыччаттарбыт биир сомо5о буолан түмсэ туһэннэр үс күннээх умнуллубат түгэннэри бэйэ-бэйэлэригэр бэлэхтэстилэр.
Ол курдук бастакы күҥҥэ тэрээьини э5эрдэ тылларынан, ырыанан, үҥкүүнэн үөрүүлээхтик арыйан, хамаандаларга арахсан спортивнай күрэхтэьиинэн са5алаатылар.
Иккис күн «Үтүө санаа» диэн ааттанан нэҺилиэк бэтэрээннэригэр, быстах хомуурга барбыт уолаттар дьиэ-кэргэттэригэр, элбэх о5олоох Сивцевтар дьиэ-кэргэттэригэр хамаандаларынан көхтөөхтүк үлэлээн-хамнаан муус ылан, тиэйэн бар дьоннорун үөртүлэр.
Күн иккис аҥарыгар олохтоох модельнай библиотека салайыытынан всероссийскай диктант суруйуутугар кытыннылар, миэстэлэстилэр.
Киэһээҥҥи өттүгэр үгэскэ кубулуйбут «Түүҥҥу дозор» оонньуутугар сэргэхсийдилэр.
Үһүс күн сынньалан кииҥҥэ түмсэн станцияларынан оонньоон, күрэхтэһэн, тула мустан олорон нэһилиэктэрин сайдыытыгар ыччат хамсааһынын туһунан элбэ5и кэпсэтэн, күрэхтэьиилэр түмүктэрин таһааран, кыайыылаахтары иһитиннэрдилэр. Түмүккэ өссө да дойдуларын туьугар түмсүүлээх буолар инниттэн ыччат лидеринэн Парникова Н.А.таллылар.
Найахы сынньалаҥ киинин аатыттан бар5а махталбытын тиэрдэбит ыччат күннэригэр кыттыбыт бары ыччаттарбытыгар, тэрээһини ыытыспыт куруук актыыбынай ыччаттарбытыгар Тегюрюкова А.А., Фомина Д.Н., Гуляева В.М., модельнай библиотека сэбиэдиссэйигэр Готовцева А.С.
Өссе да куруук маннык бары биир санаанан табыллары өре тутан кыайыыны-хотууну, сайдыыны дойдубут туьугар а5ала туруо5ун!
ЭН, НАЙАХЫ ЫЧЧАТА!
КЭЛЭР КЭМ ИННИКИТЭ!
ҮТҮӨ САНААН КЭҤИЭХТИН
КИЭҤ ТҮӨЛБЭН ТУҺУГАР!
ТУР, ТУБУС, ТУРУГУР!
СИТЭН-ХОТОН ТӨЛӨҺҮЙ!