Бэҕэһээ Найахыга Станислав Сивцев 55 сылыгар аналлаах «Артыыс Стас» көр-күлүү киэһэтигэр Бороҕон, Тумул, Баатаҕай, Суотту, Найахы артыыстара бэртээхэй кэнсиэри көрдөрдүлэр. Баатаҕайтан ССРС култууратын туйгуна, Стас эдьиийэ Готовцева Н.В. ыалдьыттаата. Стас туһунан ахтыы видеоролигы сэргээн көрдүбүт. Сэттэ оҕолоох Стас, Татьяна Сивцевтэр түөрт уолаттара хоһоон аахтылар, соҕотох кыыстара Маша сценкаҕа вальска үҥкүүлээтэ. Стас оонньообут оруолларын сцена ветерана Михаил Яковлев, эдэр култуура үлэһитэ Афанасий Новоприезжай бэркэ оонньоотулар.
Айылҕаттан талааннаах улуус, республика көрүүлэрин хас да төгүллээх кыайыылааҕа Стас өссө да төһөлөөх элбэх кэрэхсэнэр оруоллары оонньуохтаах этэй, үлэҕэ кыайыы-хотуу көтөллөнөн, улахан дьиэ кэргэн дьолун билэн, олоруохтаах этэ буоллаҕа…
Ахтыы киэһэтигэр Стасикпыт талааныгар сүгүрүйээччи үгүс элбэх киһи кэлэн, астынан тарҕастыбыт. Дьону-сэргэни үөрдэр, сүргэни көтөҕөр, долгутар артыыстарбытыгар махтанабыт.




